Леонид Владимиров: Тымныылыын алтыһыы уонна национальнай тосхол
Тоһуттар тымныылаах Саха сирэ барахсан. Биһиги өбүгэлэрбит үкэн үйэлэртэн тымныыны утары охсуһан, кыһынын симии оһохторун тула мөхсөн кэллэхтэрэ. Балачча ситиһиилээхтик диэххэ наада.
Оттон билим эйгэтигэр тымныыны киһи туһатыгар эргитии кэнсиэпсийэтигэр үлэлээбит дьонтон сахаттан бастакы академик В.П. Ларионовы ааттыахха сөп. Хотугу дойду физико-техническэй проблемаларын институтугар кини үөрэнээччилэрэ аҕыйаҕа суох. Биһиги тымныыбытыгар матырыйаал туругун үөрэтии. Оттон тымныы энергията тыынар тыыннааххха дьайыытын туһунан эттэххэ, биология билимин доктора, сахаттан бастакы фантаст-суруйааччы Г.С. Угаровы билбэт киһи суох буолуохтаах.
Итиннэ биир бастакынан “төбөтүн сынньыбыт” учуонайынан М.Г. Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Л.Н. Владимиров буолар. Академик Ларионов күлэ-оонньуу киниэхэ этэр буолара: “Мин матырыйаалларга “сопроматчикпын”, оттон эн кыылларга”.
Леонид Владимиров өссө 2005 с. “Молодежь Якутии” хаһыакка “Холод – это наше развитие” диэн интервью биэрэн турар. Оттон 2009 с. “Ректор ВУЗа” федеральнай сурунаалга этиитэ нүөмэр сүрүн балаһатыгар бэчээттэммитэ: “Аан дойдуга дьон олорор саамай тымныы эрэгийиэнин ис кыаҕын биһиги, хотугу дойду төрүт олохтоохторо, аан бастакынан дьон-сэргэ туһатыгар эргитиэхпит”.
Төгүрүк сыл – идэһэ
Орто Азия, Кавказ омуктара итии дойдуга олорор буоланнар “идэһэ” диэн өйдөбүллэрэ суох. Ол оннугар кэлбит ыадьыты хаһан баҕарар буруолуу сылдьар сибиэһэй этинэн күндүлүүр кыахтаахтар. Биллэн турар, бараан этинэн.
Оттон саха сайыны быһа эти сиэбэт – идэһэтин кэтэһэр.
Леонид Николаевич өссө студенныы сылдьан бу туһунан толкуйдаах эбит. Онуоха уот сахпыт киһинэн профессор А.Д. Курилюк этэ.
“Биһиэхэ табаны иитиини үөрэппит Александр Данилович ураты киһи этэ. Нуучча эрээри ыстаадаҕа үөскээбит курдуга. Аатырбыт “Тополинай” сопхуос дириэктэрэ, Үлэ дьоруойа В.М. Кладкин чугас доҕоро, таба иитиитигэр Томпоҕо анаан-минээн научнай үлэ ыытара. Оттон университекка лиэксийэлэрэ олус да кэрэхсэбиллээх буолаллара, – диэн ахтар Леонид Николаевич. – Кини биһиэхэ табаны иитиини үөрэппитин ураты барааны, тэбиэни иитиигэ, бултааһын тэрээһинигэр лиэксийэлэри аахпыта”.
А.Д. Курилюк: “Саха сиригэр барааны иитии бэртээхэй салаа буолуо этэ” – диир эбит.
Ол да курдук, барааны Саха сиригэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннигэр да, кэннигэр да кыралаан иитэ сылдьыбыттара биллэр. Биир үксүн таҥас оҥостор сыаллаах. Ол эрэн, тымныыны тулуйбата, ыалдьара бэрт эбит. Хотоҥҥо да турбутун иһин, тиритэр буолан хойуу түүтүн аннынан муус килиэ үөскүүр, онон ойоҕостотон өлөр. Мэлдьи сөтөллөн хахсайа сылдьар буолан ыйааһынын биэрбэт, үйэтэ кылгас, быһата, экэнэмиичэскэй өттүнэн барыһа суоҕа көстүбүт.
– Саха сиригэр сөптөөх туһунан боруода наада – диирэ Александр Данилович.
Эһэтэ өрөбөлүүссүйэ иннинэ Капитоновкаҕа бараан иитэ сылдьыбытын истэр буолан, устудьуон Владимиров ыйытааччы буолбут:
– Оттон биһиэхэ чубуку диэн баар дии, бараан буолбатах дуо?
– Кырдьык, дьиэ бараанын кытта аймахтыылар…
– Оттон тоҕо иссиһиннэрэн саҥа боруода ылбаппытый?
Александр Данилович кэпсээбитинэн, бу хайысхаҕа үлэ бөҕө бара сылдьыбыт эбит – ССКП обкомун тыа хаһаайыстыбатыгар отделын салалтатынан “хотугу овцеводство” салаатын тэрээһинигэр. Бэл, буоһатыы ыытаары тыһы барааннары көҕүйэр кэмнэригэр Саккырыырга хайа тэллэҕэр илдьэн тута сылдьыбыттар. Атыыр чубукулар түһэн сабыахтара диэн.
Ньыма элбэх, ол иһигэр искусственнай буоһатыы көрүҥнэрэ. Атыыр чубуку уллуругун ылан тоҥоруу-ириэрии… Ол эрэн, оччотооҕуга билим сэп-сэбиргэл, техника, прибор, матырыйаал өттүнэн хааччыллыыта сэмэй буолан түмүктээх буоһатыы кыаллыбатах.
Ол да буоллар, дойду үрдүнэн биирдиилээн ситиһии суох буолбатах этэ. Холобур, чараас “куударалаах” аатырар меринос боруода син эмиэ чубуку кэриэтэ архар диэн хайа бараанын кытта дьиэ бараанын иссиһиннэрии түмүгэр баар буолбута. Маны ситиспит Н.С. Бутарин салайааччылаах Казахстан учуонайдара, бэл, онно үлэлэспит чабааннар Сталинскай бириэмийэнэн наҕыраадаланан тураллар. “Ол аата син табыллыан сөп буоллаҕа” диэн санаа, инньэ, 1983 сылтан устудьуон, онтон Москватааҕы ветеринарнай институт аспирана Леонид Владимиров төбөтүттэн арахпат буолбута.
Санаа баттыга оҥостубут киһиэхэ дьылҕа имнэнэр, түбэлтэ көмөлөһөр. Ол курдук, аспиранныы сырыттаҕына профессор Нима Дамдинович Цырендондоков аймаҕыргыы көрөн кэпсэтиэҕиттэн кини киччим санаата саҥа таһымҥа тахсыбыта. Эдэр аспирант идиэйэлэрин сайыннаран, сайын дойдутуттан чубуку хаанын уонна тириитин профессорга аҕалан биэрбитин чинчийэн баран, чубукуттан буоһатыыга бурят-монгол хоччоххой түүлээх бараана сөп түбэһиэ эбит диэн быһаарбыттар (Бурят-монгольские грубошерстные овцы – бүүтэй).
Леонид Николаевич оччотооҕуга салайар куруһуогун оҕолоро олус кыһанан-мүһэнэн үлэлэспиттэрин ахтар. Ону кытта Кировскай сопхуос (Сэбээн Күөл) дириэктэрэ Петр Афанасьевич Кейметинов улахан көмөтүн бэлиэтиир.
Сэниэлээхтик Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректорынан үлэлиир сылларыгар ылсыбыта. Оччолорго аспирант, билигин ТХНЧИ дириэктэрин бастакы солбуйааччыта, биология билимин кандидата Григорий Николаевич Мачахтыров, Дмитрий Афанасьевич Дмитриев, Саккырыыр баһылыга Алексей Дмитриевич Бочкарев, Егор Ионович Николаев ыкса үлэлээбиттэрэ, күүс көмө буолбуттара.
Григорий Мачахтыров бултаммыт чубуку уллуругун ылан, туох баар ирдэбиллэри тутуһан бэлэмнээн, ардыгар 60-ча кыраадыс тымныыга букунаһан, устар икки сыл устата турууласпыта да, табыллыбатаҕа. Үһүс сылларыгар чубуку сиэмэтин тыһы барааҥҥа эппэрээссийэ оҥорон, киэлитигэр киирэр тымырга (яйцевод) быһа уган, дьэ, бастакы төрүөх үөскүүрүн ситиспитэ.
Бу билим улахан ситиһиитэ буолар. Олоххо, оҥорон таһаарыыга сыһыаннаах, этэргэ дылы, “прикладной” суолталаах ситиһии.
Күн бүгүн овчубуктар үһүс көлүөнэлэрэ мэччийэ сылдьар.
Бу ситиһии саамай сүрүн суолтата тугуй? Саха сирин тыйыс усулуобуйатын, торуттар тымныытын албыннаан бэйэ туһатыгар эргитии буолар! Сылы эргиччи идэһэ – бэл, умайар уот куйаас сайыҥҥа.
Күнү батыһан…
Тымныыны кытта охсуһа сатаабакка, дьүөрэлэһэн олорор суолу тутуохха наада. Былыр биһиги өбүгэлэрбит сайын оттооһуҥҥа быһымахтык үлэлээн баран, кыһынын дьиэ ис-тас үлэтинэн муҥурданаллара. Айылҕабыт оннук – кыһыммыт уһуна, көтөр-сүүрэр утуйуута, халыҥ хаар анныгар бүгүүтэ, Хотугу эргимтэ иһигэр, бэл, күммүт күрэниитэ. Саха омук олоҕун-дьаһаҕын айылҕаны кытта дьүөрэлээн этин-хаанын сынньатар буолан баччаҕа кэллэҕэ.
Ол быһыытынан, холобур, бүдьүөт үлэһиттэрэ уоппускаларын кыһын ылар, оҕолор оскуолаҕа уонна да атын үөрэх кыһаларыгар сайын үөрэнэр буоллахтарына хайдах буолуо этэй?
Дэлэлээх энергия, гаас, таас чох уонна да атын уматык кэмчилэниэ этэ дуо! Тымныы, күнэ суох кэмҥэ соҕуруу сынньанар хайдах буолуой? Курортар, санаторийдар кураанах турар, сыаналара түһэр кэмнэригэр.
Аны туран, санаан көрүҥ, бу айылаах дьаҥ-дьаһах быыстала суох буулуур кэм ирдэбиллэрин көрүҥ – оскуолалар, оҕо садтара, университеттар, институттар лаппа киэҥ, оҕолор, устудьуоннар бэйэ бэйэлэрин кытта “хааһыласпат” буолуохтарын наада. Оннук киэҥ оскуолалары, оҕо садтарын тутуу, кыһынын сылытыы ороскуота хас да бүк улаатар. Оттон сайыҥҥы оскуола, сайыҥҥы университет, сайыҥҥы институт дьиэлэрин билигин тутуллар үптэригэр быдан киэҥ, быдан тупсаҕай буолалларын курдук тутуохха сөп. Холобур, хапытаалынай тутуу аҥаардас “нулевой” үлэлэрэ симиэтэ 40 %-гар тиийэ апчарыйаллара биллэр. Ол эбэтэр, сайын үлэлиир уораҕайдар тутуллар сыаналара лаппа чэпчиирэ өйдөнөр.
Леонид Николаевич бу идиэйэтэ киэҥник да буолбатар, онно-манна тахсан турар. Онон истибит буолуохтааххыт. Биллэн турар, үйэ тухары туругурбут систиэмэ эргийэрэ-урбайара бэрт көһүүнэ биллэр. Ол эрэн, хаһан эрэ оннук буолуоҕа. Халлааны оттор, тымныыны кытта дьүккүһэр туһата суоҕа тахсыаҕа.
Саха сылгы таҥаралаах
Леонид Владимиров ону бигэргэтэр:
– Православие итэҕэллээхтэр кагор арыгыны уонна килиэби Христос хаана уонна Христос этэ-сиинэ диэн иһэллэр, сииллэр, ол аата таҥараҕа тиксэллэр. Саха сылгы тоҥ этин сиир, кымыһын иһэр – Дьөһөгөй Айыыга тиксэр. Тымныыны ылынар, куйаастан тамаҕын ханнарар. Кымыс чахчы Дьөһөгөй айыы хаана. Ол курдук, биэ үүтүн хайдах да астаа – кымыстан атын тахсыбат!
Күн бүгүн Кытайга дьон олохторо тупсан эти сиир буоллулар. Ол эбэтэр, биһиги сылгыбыт, убаһабыт этигэр сүүнэ ырыынак арылынна. Мин Хоккайдаҕа сылдьан дьоппуоннарга манныгы оҥорон кэпсээбитим: “Былыр сэлии кыыл өлөн бүтэн эрдэҕинэ тымныы таҥарата Чысхаан сэлии кутун саха сылгытыгар көһөрөн иҥэрбит. Онон биһиги сылгыбыт түҥ былыргы сэлиитиҥи (мамонтовидный) сылгы буолар!” Дьоппуоннар сүрдээҕин сэҥээрбиттэрэ.
Бу бэйэтэ атыы сэһэнэ – “маркетинг үһүйээнэ” буолбатах дуо?
Дьокуускайга Сэлии түмэлэ баар. Бу салгыы Дьөһөгөй оҕотун – Сылгы түмэлигэр кубулуйуохтаах.
Саха сылгытын этин оҥоһуута дьикти – килиэккэлэрин “сааһа” аһаҕас. Бу бэйэтэ “мэҥэ двигатель” курдук – туһалааҕы биир кэм киллэрэр, туттуллубуту, буортулааҕы биир кэм таһаарар. Онон түргэнник улаатар, ыйааһынын үктүүр сылгы биһиэхэ эрэ баар. Убаһабыт сыл аҥаарыгар ийэтин ситэ сыһар. Ону кытта ас астыырга туох да олус. Ол курдук, сибиинньэ этин суукка, ынах этин хас да күн маринуйдуур буоллаххына, убаһа этэ ону чаас иһигэр иҥэринэр. Маны кытайдар да, атын да омуктар улаханнык сыаналыахтара.
Сылгыбыт ахсаана аа-дьуо да буоллар эбиллэр. Сир оҥоруутун кыайа тутар, лаҥханы, сэтиэнэҕи суох оҥорор, быраҕыллыбыт сирдэри туһаҕа таһаарар киһи лаппа эбиллиэ этэ. Оччотугар бэрэсидьиэн Владимир Путин этэр “Пространственное развитие территорий” стратегията тахсан кэлэр. Дьону сиргэ-уокка сөптөөхтүк тарҕатыы, онно оҥорон таһаарыыны тэрийии.
Баччалаах киэҥ сири бас билэр дьон куораттарга симиллэн олорорбут, оттон сылгыбыт куораттар, дэриэбинэлэр аттыларыгар мэччийэрэ сатаммат.
Сылгы экологияны тупсарар. Сири харыстыыр уонна оҥорор аналлаах. Тепловизорынан көрөөрүҥ эрэ – сылгы энергията таныытыгар уонна туйахтарыгар будулуйа сылдьар буолар. Таныытын, туйаҕын тула хаан тымырдара, силбэһик тымырдар (анастомоз) элбэх. Ол, бастатан туран, тымныыга анаан айыллыбытын быһыыта. Иккиһинэн, сылгы кэнчээрини көрдөөн алаас хаарын бүтүннүү сүргэйбэт, сыттаан чопчу баран хаһар. Үсүһүнэн, сылгы туйахтарынан сэрэнэн, бигээн хаһар, кэнчээрини уонна көмүрүө хаары эрэ сиир. Хаһан да буорун бурҕаппат, кырыһын алдьаппат. Саас сылгы хаспыт сиригэр хаар уута көтөн хаалбат, ол эбэтэр “снегозадержание” диэн агротехническэй албас тахсан кэлэр. Таарыйа, ынах буолбатах, куртаҕа биир эрэ хаттыгастаах, онон киэҥ сиринэн сылдьан сааҕынан от сиэмэтин тарҕатар.
Онон сылгы аһыыр сирэ тапталлан бэртээхэй кырыс сир буолар. Элбэх сылгы мэччийэр сирэ сыллата тупсан иһэр.
Сир баайын хостуур хампаанньалар үлэлээбит сирдэрин чөлүгэр түһэрэллэригэр, ону сылгы мэччирэҥэ оҥорон туттаралларын ирдиэххэ баар.
Саха национальнай идиэйэтэ
Сир баайын хостооччулар бары билиэхтээхтэр – сир үксэ олохтоохтор төрүт дьарыктарыгар туһаныллар, онон федеральнай сокуонунан мэктиэлэнэр диэн. Ол туһугар сылгы элбиэн наада.
Дьэ, өрөспүүбүлүкэ сыал-сорук туруорунуохтаах – сылгыбыт ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдэргэ.
– Туох да үгүс куолута суох Саха Өрөспүүбүлүкэтин мэҥэ бэлиэтин көрүҥ – аттаах, туоҕа тутуурдаах киһи. Саха национальнай идиэйэтэ мантан тахсан кэлэр, – диир Леонид Владимиров.
Мөлүйүөн сылгы ахсаанын ситиһэр суол элбэх. Ол эрэн биири өйдүөххэ наада: билигин туохха барытыгар бөдөҥ хапытаал өтөн киирдэ. Хаһан эрэ тыа хаһаайыстыбатыгар бөдөҥ хапытаал өтөн киирэригэр күрэстэһэр сыалтан Европа фермердэрэ кэпэрэтииптэһии суолун тутуспуттара. Саха сиригэр бу ньыма олоххо киирэр.
Ону таһынан аахсыйалаах хампаанньа тэриллиэн сөп. Биир аахсыйа – биир биэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыба көмөтө сүрдээх улахан. Холобур, сүүрбэ биэс тыһыынча биэлээх хампаанньа 2,5 млрд солк. актыыптанар, судаарыстыба көмөтүнэн соччо суумаҕа бырыһыана суох кирэдьиити тардар кыахтанар. Ол эбэтэр сылгыһыттарын хамнастыыр, сайдыы суолун тэринэр кыахтанар. Барыта баар – сирбит хара баһаам, сылгыһыттар уонна сылгылаах дьон бааллар. Кытай ырыынага субу сытар.Тэрээһин, страховкалааһын, кирэдьиит, инвестиция тардыыта быраап.
Сылгы нөҥүө дьон уйгутун сайыннарыы саха национальнай тускула буолуон наада. Саха ынах сүөһүгэ сыһыаннаах тиэрминнэрэ үксэ монголизм буоллаҕына, сылгыга сыһыаннаах тыл барыта сахалыы (түүрдүү). Оччоҕуна саха тыла, төрүт култуурата сайдыаҕа. Холобур, ханна таба баар да, онно эбэҥки, эбээн тыла баар. Суох да суох. Саха тыла, үйэлээх үгэһэ сылгы эрэ баар буоллаҕына өлбөт үөстээх буолуоҕа. Онон быйыл, Арассыыйаҕа норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар, сылгы ахсаанын элбэтиигэ күүскэ ылсыахтаахпыт.
Дьэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Л.Н. Владимиров санааларын кылгастык тиэртэххэ итинник. Бэйэҕит санааларгытын sur-93@mail.ru нөҥүө тиэрдэргит буоллар, махталлаах быһыы буолуо этэ.
Сураста, сурукка тистэ – СУР.
Ыстатыйа “Кыым” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр таҕыста.