Сахабактисубтил пробиотигы киэнник туьаныахха
Кун аайы улаханнык кэпсэммэккэ, элбэх улэни тэрийэн, улэлии олорор республика практическай ветеринарнай сулууспалара, кинилэр ортолоругар улэлии олорор Уус-Алдан улууьун ветеринарнай сулууспатын улэьиттэрэ, Саха сиринээги Тыа хаьаайыстыбатын научнай чинчийэр института олохтоох айылга почваларыгар баар Bacillus subtilis диэн бактерия көрүҥнэрин ( штамнарын) киэнник үөрэтэн, хас да араас пробиотиктары онорон таьаарбытын, сурдээгин сэргээбиппит.Бу пробиотиктар күн аайы баар, көстөр ыарыыларбытыгар көмөлөһөр толору кыахтаахтарын ордук сэнээрбиппит. Ол курдук ыччат сүөһү ис-үөс ситимин ыарыытыгар, эндометрит, мастит, сылгы хабарҕаһыт ыарыытыгар, иринэлээх аһаҕас баастары эмтээһиҥҥэ, обмен веществ кэьиллиитигэр уонна туунуктээх оту сиэһиннэ тэллэй дьаатынан сүһүрдүүнү аччатарга, окко таргатан кутуунан сылгы, сүөһү иммунитетын күүһүрдүүгэ курдук эмтиир-сэрэтэр үлэбит көрүҥнэригэр туһалаах буолуогун ордук тоһоҕолообуппут.
2012-2013 сылларга Республикабыт тыатын хаьаайыстыбатын министерствотынан убулэнэн, Сахабактисубтил пробиотигы сана торуоххэ уонна эмтиир-сэрэтэр үлэлэргэ туттарга анаммыт улахан дьаьаллар кэлбиттэрэ. Биьи улууспутугар үөһэ этиллибит сылларга барыта 2000 доза кэлэн, ветеринарнай учаастактарынан, пууннарынан түҥэтиллибитэ.Ити сылларга форма-2 вет сыстыгана суох ыарыылары эмтээһини көрдөрөр отчуокка көстөрүнэн, 2012 уонна 2013 сылларга барыта 4032 төбө сүөһү ыалдьыбыта регистрацияламмыта, ол иһиттэн 2104 төбө сүөһүгэ оһоҕос-куттах ситимин ыарыыта регистрацияламмытыттан, 1176 төбө саҥа төрүөх ньирэйдэр ыалдьыбыттара, үксүн сыптарыйан, салгын хааттаран, куттаҕа моһуогуран ыалдьаллар. Улахан уонна ыччат сүөһүлэр ханныларынан, оһоҕосторунан моһуогураллар. Ону кытта тэҥнэ сөтөл, тымныйан ыалдьыы390 түгэнэ, ол иһиттэн 276 төбө ньирэйдэр ыалдьаллара уонна обмен веществ кэһиллэн, уопсай туруга мөлтөөн, ыччат сүөһү 369 төбө булуллубутуттан, 47 саҥа төрүөххэ көстөр. 611 мастит түгэнэ уонна ыараханнык төрөөһүн, послед хаалыытын түмүгэр ынах, биэ төрүүр-ууһуур органнарын 584 ыарыыта регистрацияламмыта. Итинник түбүктээх сыстыгана суох ыарыылары эмтии-томтуу олорор сулууспага икки сыл устата 2000 доза Сахабактисубтил пробиотига кэлбитин 25 учаастактарга, пууннарга4-түү флакону(800 мл) түҥэтиллибитэ. Онон хас биирдии учаастактар, пууннар заведующайдарыгар уопсай балаьыанньаны көрөн тутталларыгар сүбэлээбиппит. Сүөьү хаһаайыттарыгар кэпсээн, элбэх тэрээьин улэлэр тэриллибиттэрэ, ол курдукордук сана мөлтөх төрүөххэ уонна биирдиилээн ыалдьыбыт сүөһү диагноһынан көрөн тутталларыгар ыйыллыбыта. Сахабактисубтил пробиотик туттуу рекомендациятынан ыалдьыбыт сүөһүгэ 10 мл раствору туттууттан сагаланар уонна ыарыы аайы тус-туспа буолар. Онон учаастактар, пууннар үлэһиттэринэн ылбыт 800 мл пробиотик суурадаһынынолох агыйах ыарыьах сүөһүнү эмтээһиҥҥэ тутуллубута эрээри, улэһиттэрбит кэтээн көрүүлэрин түмүгэр Сахабактисубтил пробиотик туһалаага, көмөлөһөрө тута биллэн, ветеринарнай специалистар ортолоругар уонна сүөһүлээх дьоннор сэнээриилэрин ылбыта.
Ол курдук Сыырдаахтаагы ветеринарнай учаастак заведующайа Лебедева Лидия Гаврильевна бииргэ үлэлиир коллегаларын кытта бэриллибит 800 мл пробиотыгы 15 мөлтөх сыптарыйбыт саҥа төрүөх ньирэйдэргэ дизбактериоьы профилактааһыҥҥа 10-нуу мл иккилиитэ иһэрдэри, 13 төбө обмен веществ кэһиллиилээх, ырыганнаабыт ыччат сүөһүнү эмтээһиҥҥэ 10-нуу мл үстүүтэ биэрэн туттары уонна 5 төбө убаьа хабарҕаһыт ыарыытыгар ыалдьыбыттарын 5-тии мл муннуларыгар иккитэ кутан эмтээн үтүөрдэри ситиһэллэр. Лидия Гаврильевна пробиотыгы туттуу кэннэ, олох сотору туһалыыра биллэр эбит диэн бэйэтэ кэтээн көрбүтүн сөҕөн кэпсиир.
Өнөрдөөҕү ветеринарнай учаастак заведующайаАфанасьева Анна Федоровна кэпсииринэн, тыырыллыбыт 800 мл Сахабактисубтил пробиотигы мөлтөх саҥа төрүөххэ уонна ырыганнаабыт ыччат сүөһүлэргэ, тыйдарга 10-нуу мл иккилиитэ туттаннар ол саас ыччат сүөһү өлүүтэ-сүтүүтэ биллэ аччаабыт. Сүөһүлээх хаһаайыттар сүрдээҕин сэҥээрэн, бу кэккэ сылларга бэйэлэрэ быһаччы институттан ылан тутта олоробуттар.Ол курдук 2015 сылга 600 мл Сахабактисубтил пробиотыгы ылан 18 ньирэйгэ уонна кулунчукка обмен веществ кэһиллиитин уонна ырыганнааһыны утары эмтээһиҥҥэ туттубуттар. 2018 сылга 12 тыйдар туруктара мөлтөөннөр хаһаайыттар 800 мл пробиотигы институттан ылан иһэрдибиттэрэ, кыстыгы бэркэ туораабыттара. Онон биһиги нэһиэлэк дьоно Сахабактисубтил пробиотигы бэркэ билэллэр уонна өссө дэлэйдик туттуохтарын, куруутун харчы боппуруоһугар тиийэн иннэ тураллар диэн түмүктүүр Анна Федоровна.
Танда уонна Суотту ветеринарнай учаастактара ылбыт 800-үү мл пробиотиктарын бэйэлэрин дэриэбинэлэригэр баар улахан хаһаайыстыбаларыгар Танда (СПК) тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооперативыгар уонна Лена (КП) коллективнай производственнай хаһаайыстыбатын саҥа төрөөбүт ньирэйдэригэр ис ыарыытын профилактикалааһыҥҥа, эмтээһиҥҥэ тутталлар уонна ньирэйдэр тута сэргэхсийии бөҕө буолан, биһи улэһиттэрбит сүрдээҕин сэҥээрэн, тустаах хаһаайыстыбалар салайааччыларыгар эбии ылан туттарга рекомендациялыыллар.Ол сыл Танда СПК салайааччыта Хомподоев Н.С. 400 мл уонна Лена КП салайааччыта Портнягин И. С. 1500 мл Сахабактисубтил пробиотигы булан аҕалан, элбэх төрүөххэ тутталлар, сайылыкка этэҥҥэ көһөллөр. Улахан хаһаайыстыбалар кыһалҕалара элбэх буолар, онон кэнники сылларга үбүлээьинэ кыаттарбакка, Сахабактисубтил пробиотигы туттуу мөлтөөбүтэ.
2013 сылтан Сахабактисубтил пробиотигы убулээьин республикабыт тыа хаһаайыстыбатын министерствотынан тохтотуллар. Сүөһүлээх дьон сөбүлээн, өссө мөлтөх сылгыны, убаһаны аьатыыга туттан көрөн, элбэхтик ыйытар, көрдүүр буолбуттара. Биһи ЯНИИСХ институтугар быьаччы тахсан атыылаһалларыгар рекомендация биэрэн, кэккэ сылларга биирдилээн дьон атыылаһан туттубуттарын туһунан истэ-билэ олорбуппут эрээри, төһө пробиотик ылыллыбытын этэр кыахпыт суох.
Олохтоох ветеринарнай сулууспанан көрөн-истэн олорор улууһун сиригэр-уотугар сыстыганнаах уонна элбэх төбөнү хабан тарганар сыстыгана суох ыарыылар турбаттарын туьугар оноьуллар тэрээһиннэр оноһуллубуттарын үрдүнэн, биһигиттэн тутуллубат элбэх итэҕэс тэрээһиннэр тагыстахтарына, хомолтолоох да мүччүргэннээх да балаһыанньалар буолааччылар. Биир оннук түгэни ахтан ааьарым тоҕоостоох дии саныыбын.
2013 сыл сэтинньи 23-26 күннэригэр Уус-Алдан улууһун Арыылаах дэриэбинэтигэр сабыс саҥа тутуллубут животноводческай комплексыгар Бурятияттан 150 төбө красно-степной боруода ынах сүөһүлэр кэлбиттэрэ. Кыстык сагаламмыт кэмэ буолан, сүөһүлэр тута комплекс хотонугар киирбиттэрэ уонна бааллыбат буолан икки улахан группага арахсан хааллыбыттара, карантин тэрээһиннэрэ сагаламмыта.
Улахан тымныылар түһэн барбыттара, комплекс ситэ оноһуллубатах итэҕэстэрэ биллэн, уунан хааччыйыы, сүөһү саагын хомуйуу тохтуу-тохтуу барбыта, үлэһиттэр тиийбэттэрэ, сүөһү аһылыгын хаачыстыбата мөлтөгө барыта түмүллэн, төрүү турар сүөһүлэр туруктарын хамсатан, сана төрөөбүт ньирэйдэрбит ыалдьан барбыттара.
2014 сыл ахсынньы 24 күнүгэр барыта 151 төбө төрүөх ( 2013 сылга 28 төбө, 2014 сылга 123 төбө, 2014 сыл ахсынньы ыйга 3 төбө бэйэбит сиэмэлээбит сүөһүлэрбит) төрөөбүтүттэн 30 ньирэй ыалдьан өлбүттэрэ уонна 9 улахан сүөьү араас биричиинэнэн эмиэ туораабыттара. Онон сыл түмүгэр 146 төрүөгү ылбыттара.
Бу 146 төрүөх тыыннаах хаалалларын туһугар, элбэх тэрээһин улэ барбыта. Биьи сулууспабыт сыстыганнаах ыарыы турбатын туьугар, элбэх улэни тэрийбиппит, билигин кистээбэккэ куускэ этиниэхпитин сөп. Өлбүт ньирэйдэртэн ылбыт патологическай материаллары улуус ветеринарнай лабораториятыгар өрүү чинчийэ олорбуппут. Киьи дьиксиниэх эшерихи коли, цитробактерферинда, клипсиеллатерригенс бактерияларын була олорбуппут. Ыалдьар ньирэйдэрбит сыптарыйаллар, сөтөллөллөр, сүһүөхтэрэ иһэн көйөн тахсар этэ. Өлбүт ньирэйдэри аһан көрүүгэ үксүгэр куттахтара, оһоҕосторо, тыҥалара ириҥэлээх гемогарическай воспалениелаах буолаллар. Ол эрэн колибактериоз, сальмонеллез, диплококковой инфекция курдук ыарыылары бактериологическай чинчийии бигэргэппэтэгэ. Якутскайдаагы республиканскай ветеринарнай испытательнай лабораторияга эмиэ тэҥнэ патологическай материал ыытан чинчиттэрэ олорбуппут, кинилэр эмиэ инфекционнай ыарыы суох диэбиттэрэ.
Эмтиир улэбитигэр дьэ бутуурдаах уонна ыксаллаах балаьыанньа уоскээбитэ. Бэйэбитигэр баар туттуллуон сөптөөх антибиотиктарынан, витаминнарынан, раствордарынан эмтии олорбуппут, күүстээх текущай дезинфекциялары оҥорбуппут. Хааннарын, ууларын, отторун, уотурбаларын биохимическай исследованиенан хонтуруоллаан олорбуппут. Улахан ынахтарга 20 төбөлөөх контрольнай группа тэриллибитэ, 2013 ахсынньы ыйга уонна кулун тутар саҥатыгар 2014 сылга 20 төбөбүтүн биохимическай чинчийиинэн тэҥнээн көрбүппүт, чинчийэр бары показателларбытыгар белокка, каратиҥҥа, кальцийга, фосфорга улахан намтааһын, таҥнары түһүү бэлиэтэммитэ. Ол курдук каратин норманан 0.4-1.0 мг бырыһыан буолуохтааҕын 0,14-0,18 мг бырыһыан, итинник курдук намтааһын 20 төбө ньирэйбит хааныгар эмиэ көстөрө. Ыксаллаахтык элбэх тэрээьин улэни ыыппыппыт. Ол курдук 55 ящик фелуцен диэн витаминно-солевой туустары салаттарбыппыт, мөлтөх 172 төбө сүөһүлэргэ витаминизация, 113 төбө ньирэйгэ селенизация оноро олорбуппут туһалаабыта дии саныыбын. Ол эрэн ыалдьар ньирэйдэрбит өрүттэн испэтэхтэрэ.
Уопсай сүбэнэн, суһаллык бииргэ үлэлии олорор Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун ветеринарияга салаатын салайааччытыгар профессорбытыгар Неустроев Михаил Петровичка эрийэн, уопсай балаһыанньаны билиһиннэрбитим. Михаил Петрович миигин сэрэппитэ, вируснай инфекционнай ринотрахеит ыарыыта көбүөн сөп, ити ыарыыны үксүгэр сүөһүлэр илдьэ кэлээччилэр уонна иммунитеттара хамсаата да тахсан кэлээччи диэн. Онон антибиотигынан эмтээһини кытта тэннэ, иммунитеты көтөгөр пробиотик туттуохха наада, биһи көмөлөһөн Сахабактисубтил пробиотик ыытыахпыт диэбитэ.Инструкцияны тутуһан туттун, кытаатын диэбитэ. Олох тургэнник барыта 300 доза (3 л) Сахабактисубтил пробиотик ыыппыттара. Сүөһүлээх тэрилтэбит ООО Быйан 780 дозаны эбии булан биэрбитэ. Ыалдьа турар 90 ньирэйбитигэр иһэрдиини сагалаабыппыт. Уонча хонук иьинэн, киьи сөҕүөх, ньирэйдэрбит сэргэхсийэн барбыттара, сайылыкка тахсарбытыгар ыалдьыбыт 90 ньирэйбититтэн барыта 5 эрэ ньирэйи сүтэрбиппит. Онон иһэрдибит Сахабактисубтил пробиотикпыт көмөлөспутэ мөккүөрэ суох олох чуолкай уонна маннык туһалаах пробиотигы айбыт Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын институтун сотрудниктарыгар, коллегалабытыгар махталбыт улахан.
Бу кэнники уонча сыл устатыгар үүт туттарыытын боппуруоһугар, улахан эппиэттээх бактериологическай чинчийиилэри оҥоро олорор сулууспа быһыытынан, үүт хаачыстабатын тупсуутугар кэккэ санаалар уонна кыахтар баалларыгар тохтуохпун баҕарабын. Сылын аайы үүт туттарыы кэмигэр, мастит ыарыыта арахсыбат, туттарар үүккэ мастит бактериялара көстөн, быстах кэмҥэ хааччахтааһын, эмтээһин, хаттаан лабораторияга чинчиттэрии элбэх сыраны, бириэмэни ылар, былааннаах үүт туттарыыта тардыллар уонна үүппут хаачыстыбатыгар эмиэ куттал үөскүүр. Сылга сайын үүт тутарыытын кэмигэр 200-тэн тахса ынах маститтыыра регистрацияланар этэ, ол курдук 2013 сылга 276, 2014 сылга 246, 2015 сылга 209 ынах ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. 2019 сылга 129 мастит түгэнэ буолбута. Сылын аайы ынах маститынан ыалдьара аччаабыт курдук көстөр эрээри, сыллата үүт туттарар дьон да, ынах да ахсаана аччаан иһэрэ мастит показателин намтатар. Онтон бу элбэх ночооту аҕалар мастит ыарыытыгар Сахабактисубтил пробиотик ТНП-3 ДЕП штамма сүрдээҕин көдьүүстэгэ дакаастанан турар. Этиллибит пробиотикпыт дэлэй согустук үбүлэнэн, эмтиирбитигэр кэччэйбэккэ туттарбыт эбитэ буоллар, учугэй түмүктэр баар буолуо этилэр.
Күн бүгүн маститтаабыт ынаҕы эмтииргэ куустээх, пролонгированнай действиялаах антибиотиктары 3-5 күн туттарбытыгар күһэллэбит. Үс хонугунан эмтэммит сүөһү маститын миэстэтигэрэкспресс методынан бэрэбиэркэлээн көрөбүт, өскөтүн положительнайы көрдөрөр буоллаҕына эмтээһин өссө салҕанар. Бүтэһик антибиотигы ынах синньигэр биэрбит куҥнүттэн 7-8 кун ынах үүтэ уопсай үүккэ холбоммот, лабораторияҕа антибиотик баарыгар-суогар проверкаҕа киирэр, үүтэ мастита, антибиотига суох буоллагына холбонор. Онон маститынан ыалдьыбыт сүөһү үтүөрэн, үүтэ туттарыллар буолуор диэри барыта ортотунан 10-12 күнү сүтэрэр.
Сахабактисубтил пробиотик ТНП-3 ДЕП диэн штамма маститтаабыт ынаҕы эмтииргэ эмиэ бэркэ туттуллар. Антибиотик тэҥҥэ туттуллубат, ынах ыалдьыбыт синньин эмиийин каналынан 5 мл пробиотик убаҕаһын 3-5 күн бэриллэр. Эмиэ 3 хонон баран, ынах ыалдьар синньин үүтэ мастикка миэстэтигэр экспресс методынан хонтуруолланар. Өскөтүн өссө да положительнайы, сомнительнайы көрдөрөр буоллагына салгыы эмтэнэр. Онтон положительнайы көрдөрбөтөҕүнэ, ынах үүтэ ырааһырыытыгар 1-2 хонук бэриллэр уонна тута уопсай үүккэ холбонор. Онон маститынан ыалдьыбыт сүөһү эмтэнэн, үтүөрэн, үүтэ туттарыллыар диэри барыта 5-7 кун барар.Онон ынах маститын икки методынан эмтээһин хонуктарынан эрэ араастаһар буолбатах, манна куттала суох ыраас үүтү ылааһын суолтатта күүскэ туруохтаах уонна практическай ветеринария үлэһиттэринэн Сахабактисубтил пробиотига киэҥник тутталларыгар кыах бэриллиэхтээх.
Ынах синньин ыарыытын эрдэттэн сэрэтиигэ бу пробиотик эмиэ тутуллуон сөп эбит. Ол курдук ынах уолуон 2 нэдиэлэ иннинэ синньин эмиийин каналларыгар 5-тии мл пробиотик убаҕаһын бэриллэр. Онтон иккистээн ынах төрүөн 15-30 хонук иннинэ бэриллэр. Бу методы хаһаайын учугэйдик кэтиир сүөһүтүгэр туттуон сөп.
Уөһэ этиллибиккэ ологуран, түмүктүүр санаалары эттэххэ, практическай ветеринарнай сулууспа үлэһиттэринэн биир эрэ көрүҥ Сахабактисубтил пробиотигы туттан көрөн олорор курдукпут эрээри, улаханнык сэҥээрэбит. Дьиҥэр дэлэй согустук үбүлэнэн, элбэх объем пробиотик кэлэрэ буоллар, күннэтэ эмтиир-томтуур практикабытыгар, куустээх антибиотиктары солбуйан туттан, учугэй түмүктэри ыларбыт саарбаҕа суох. Бу билигин күн аайы куттала суох экологическай ыраас аьылыгы ( үүтү, эти ) сүөһүттэн, сылгыттан ылыыга тэрээһиннэр, кэпсэтиилэр буола турар кэмнэригэр, бэйэбит республикабыт Тыатын хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр института сүҥкэн ситиһиилэрин, пробиотиктары айыыга Российскай Федерация 12 патенын ылбытын кэннэ, биһиги тыа дьоно-сэргэтэ уонна күн аайы үлэлии сылдьар практическай ветеринария үлэһиттэрэ олохтоохтук улэбитигэр, күннээги олохпутугар туттубаппыт олус хомолтолоох. Бу боппуруоһу дириҥник ыраҥалаан көрдөххө, саха норуотун кэскилэ уонна республикабыт тыатын хаһаайыстыбатын аан дойду таьымыгар тахсар инникитэ буолар. 34-с сылын ветеринарнай сулууспага үлэлии сылдьар киһи быьыытынан, республикабыт тэбэр сүрэҕэр Якутскай куоракка баар крестьянскай рынокпыт, бэйэбит дьоммут оҥорон таһаарбыт экологическай өттүнэн ыраас астара-үөллэрэ атыыланар түһүлгэтэ, үп-харчы эргийэр сирэ, саха киһитэ рыночнай сыһыаннаһыыга үөрэнэн, кынат үүннэрэн, аан дойду түһүлгэтигэр тахсар сүҥкэн аартыга буолуон баҕарабын. Онно аспыт-үөлбүт хаачыстыбата тупсарын туһугар айа-тута, үлэлии олорор учуонайдарбыт кэскиллээҕи айбыттарын, олоххо күүскэ киллэрдэххэ, элбэх ситиһии кэлэрэ саарбаҕа суох. Онтон биьиги практическай ветеринарнай сулууспа үлэһиттэрэ туора туруохпут суоҕа дии саныыбын, саҥаны кэскиллээҕи онорого өрүү бэлэммит.
Ууст-Алдан улууьунветеринарнай
управлениятын начальнигынан улэлээбит (2001-2019 сс.).
Саха сирин тыатын хаьаайыстыбатын туйгуна, ветеринарнай врач
Васильева Ирина Ивановна